«Ебугэлэрбит олонхо5о олох туьунан ейдебуллэрэ – Саха норуотун

 муударай ейун – санаатын туоьута»

Улэним  толордо: Нам улууьун  З.П.Саввин аатынан  Уедэй орто оскуолатын  9 «А» кылаас уерэнээччитэ Эверстова Анжелика Николаевна

      Аан дойду айымньытын, киьи – аймах уескээьинин уонна сайдыытын туьунан араас омуктар бэйэлэрэ быьаарыыларын, ырытыыларын уьуйээн, номох онорон, уйэттэн уйэлэр усталарыгар илдьэ сылдьаллар.

      Онтон саха дьоно Аан дойду туьанан туох ейдебуллээх этилэрий?

      Ханнык ба5арар саха киьитэ о5о эрдэ5иттэн уебэй дойду, орто дойду, аллараа дойду диэн истэ улаатар. Ол туьунан  кини саха уьуйээннэриттэн, номохторуттан, олонхолоруттан, дьон куннээ5и кэпсэтиититтэн билэр. Аан дойд айыллыытын туьунан сахалар: «ТЬуен са5аттан уескээн, … туу мээчик курдук буолбута» диэн этэллэрэ. Астрономия  уерэ5эр космос ханнык ба5арар эттигэ кып – кыра  быылтан уескээбитэ  уонна кинилэр  тегурук быьыылаахтар  диэн этиллэрэ  бу ейдебулгэ сеп  тубэьэр.

       Саха норуотун уескээьинин, олохсуйуутун туьунан уьуйээннэргэ оло5уран саба5алааьыннары  оноруу баар. Дьининэн, биьихэ, сахаларга, итинник саба5алааьыннары онорорго кыа5ы  биэрэр тун былыргылыы тыыннаах, дирин филомофскай  ис хоьоонноох, аныгы наука  сана  быьаара сатыыр кестуулэрдээх айымньы – олонхо  баар.

       П.А. Ойуунускай отут суол олонхо5о оло5уран суруйбут «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхотун ылан керуе5ун.

       Олонхо5о этэллэринэн, уйэттэн уй э тухары урдук сурахтаммыт,  уетуллубут ус  биис «Уордаах уот сэриитин (наука5а  биллэр  «мировой взрыв» буолуон сеп) кэнниттэн  аата  - Ахса биллибэт айыы хаан  айма5а «а5ыс хардыгастаах аранас манан халлаан алын кырыытыгар, ус хардыгастаах ( тропосфера, стратосфера, моносфера буолуон сеп) урдук мэнэ халлаан урут ертугэр», 39 биис уустаахуеьээ дойду абааьылара «соххор холорук дугуйдаммыт содуомнаах со5уруу халлаанна», 36 биис уустаах аллараа дойду абааьылара «алдьархайдаах аллараа Ап (библия5а ад буолуо) Салбаныкы айа5ар Елуу Уеркунуех тердугэр» олохсуйаллар. Дьэ, бу кэнниттэн субэлэьэн баран,  Орто дойду оло5ун онороллор: бу ус биистээх 35 биис ууьа дьон онорон «сутумэхтээн туран» (уьуннук субуруьан) Орто дойдуга, ол эбэтэр Сиргэ туьэллэр. Итинэн Космостан Сиргэ дьону олохтооьун туьунан наука5а баар  саба5алааьын олонхо5о туох да мунаа5а суох, ырылыччы суох.

       Олонхо5о орто дойдуну «то5ус дьуларыйар дьулусханнаах добуо манан халлаан а5ыс кырыылаах алын сындыыьыгар,.. до5уйар олох туертугэн, кэбэлдьийбэт кэтит утугэн кэниэрдээх кэй-уорук кэтэ5ин урдугэр»,- диэн Уеьээ уонна Аллараа дойдулар икки ардыларыгар «Кинкиниир киэн халлаанна» эбэтэр Космос Куйаарыгар баарын туьунан этиллэр. «Дьулусханнаах дьолуо манан халлаан дьураатыттан тутуллубута биллибэт, ус куегэйэр кулум кулууьуттэн уктэллэнэн уескээьитэ кестубэт ,. . .улугэрдээх ус ньукэн утугэн улускэннээх урут еттуттэн кей-сата салгынынан кете5уллэн кетер кыната кетутэрэ кестубэт, эргичийэр мэччэ5э эргитэрэ биллибэт»,- дэнэр. Онон Орто дойду Уеьээ уонна Аллараа дойдулар икки ардыларыгар туохтан да тутуллубакка турара этиллэр.

       Бу Орто дойдуну «а5ыс иилээх – са5алаах» дэнэр, бу этиини Д. С Макаров дойду а5ыс хайысхатын (илин,ар5аа,хоту, со5уруу,  хотугулуу-илин, хотугулуу ар5аа, со5уруулуу илин, со5уруулуу – ар5аа) этэр диэн быьааран турар.

        Сахалар  ейдуллэринэн, то5ус хаттыгастаах  мэнэ халлаанна хас биирдии кэрдьииьигэр  Ор о дойду   дьонун, киьитин – суеьутун араначчылыыр айыылар олороллор. Бастакы  халлаанна  Айыыьыт, иккис халлаанна Иэйиэхсит,  убускэ Дьеьегей, тердускэ Хомпоруун Хотой,  бэьискэ  Улуу Суорун, алтыска  Сун Дьааьын, сэттискэ Дьыл5а, Танха, Билгэ  айыылар, Ахсыска  Чыныр, Одун хааннар, саамай урдук халлаан  Урун Айыы Тойон.

       Сахалар  олохсуйа туспут  сирдэрин – уоттарын  ахталларыгар  угус ерус, урэх,  куел, эргэнэ хара  тыа, урдук хайалар, булгунньахтар, киэн  нэлэмэн сыьыы, толоон, от – масс  ойууланар, кыьына  суох дойдуга – со5уруу олорбуттар  диэн  этии тар5аммыт. Дьининэн,  билинни саха сирэ  мууьуруу уйэтэ кэлиэн иннинэ итии дойду  эбитэ  биллэр. Маннайгытынан, сир – дойду быьыыта – таьаата уларыйа охсубатынан олонхо5о ойууланар саха дьоно олохсуйбут  сирдэрэ билинни  Саха сирэ  сеп тубэьэр. Иккиьинэн.  Саха тыла – еье уларыйбакка, тун былыргытынан хаалбыта, кини сириттэн уотуттан тэлэьийбэтэ5ин туоьулуур. Дьининэн, айыл5а сокуонун быьыытынан, уескээбит сириттэн кеспут керун, сана сир эйгэтигэр сеп тубэьэрдии уларыйыахтаах этэ. Усуьунэн, сахалар бэйэбит тереебут терут буор сирбитигэр олорорбут сурун туеьутунан Саха сиригэр уйэ улуу арыйыыта оноьуллубута туоьулуур. Ол Саха сирин учуонайдара Ю. Мочанов, С. Федосеева уонна кинилэр коллегалара Дирин-Урэх оройуонугар арыйыылара планета5а киьи уескээбитин керууну уларытарга куьэйбитэ.

       Олонхо хас биирдии тылыгар Саха норуотун тун былыргы оло5ун, историятын кистэлэннэрэ, таайыллыбатах таабырыннара сыталлар. Саха тылын уйэ анара ахсаабакка уерэппит Э. К. Пекарскай: «Норуот тыла – норуот туох баар оло5ун - дьаьа5ын толору кестуутэ, кини культуратын, еркен ейун кунду кылаата бутуннуутэ тумуллубут музейа буолар»,-диэбитэ. Ол «музей» аптаах кулууьун таба таайан, аанын аьан, олонхо алыптаах ырыатын, иьиллээн хомо5ой хоьоонун чинчийэн, ебугэлэрбит олорон ааспыт олохторун, инники сайдар са5ахтарын туьунан ессее да интириэьинэй тумуктэри оноруу-келуенэттэн – келуенэ5э сал5аныа5а.

Hosted by uCoz