Темата: «Олоңхо дойдутун устун ахсаанынан айан»
Толордо: Нам улууҺун З.П.Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолатын 5 «А» кылааҺын үөрэнээччитэ Соловьева Роза.
АадырыҺа: Үөдэй бөҺүөлэгэ, Лесная уулусса 8, дьиэтээ5и тел. 25-0-54
Олоңхо Саха норуотун киэн туттуута, баай культурата, дириң философията, аан дойдуга билиниллибит уус – уран айымньыта. Ону үөрэтии, чинчийии билиңңи кэм ирдэбилэ, тирээн турар соруга. Олоңхо5о чыыҺыланан хоҺуйуу элбэхтик туттуллубут. ЧыыҺылалар олоңхо хоҺуйууларын күүҺүрдэн, чиңэтэн, чопчулаан, эбэтэр күүркэтэн биэрэргэ үгүстүк туттуллаллар.
Мин үлэм сыалынан: олоңхо5о чыыҺыланан хоҺуйуу төҺө элбэхтик туттуллубутун үөрэтэн көрүү уонна ол чыыҺылалар суолталарын туҺунан өбүгэлэрбит өйдөбүллэрин быҺаарарга холонуу буолар.
Үлэм соруктара:
- олоңхону аађан чыыҺыланан хоҺуйуулары булуу.
- хайа чыыҺыла төҺөтө туттуллубутун ырытыы уонна тэңнээн көрүү.
- олоңхо5о сахалыы кээмэйдэр туттуллууларын булан аа5ыы, үөрэтии.
- өбүгэлэрбит ахсаан туҺунан өйдөбүллэрин үөрэтэн билии.
Мин С. Васильев « Мөңүрүүр Бөђө» олоңхотугар чыыҺыланан хоҺуйуу төҺө элбэхтик туттуллубутун аађан уонна тэңнээн көрөргө холоннум.
«Мөңүрүүр Бөђө» олоңхоттон барыта 115 чыыҺыланы буллум. Олоңхо быҺа холоон 5750 тылтан турар. ЧыыҺыланан хоҺуйуу олоңхо 2% буолла.
Сүрүннээн бииртэн уоңңа диэри ахсаан барыта уонна 30, 44, 70, 90, 100 чыыҺылалар үгүстүк туттуллубуттар. Биирдиилээн чыыҺылалар төҺөтө, хаста туттуллубуттарын эмиэ быҺаардым. Мантан көстөрүнэн, ордук хойуутук ахсаан туттуллубут. Олоңхођо «2» ахсаан эмиэ үгүстүк киирбит. « 4» ахсаан туттуллуутунан үҺүс миэстэ5э турар. Кэлиңңи кэмңэ филологическай наука кандидата Е . . . Избекова олоңхо5о ахсаан аат туттуллуутун иңэн – тоңон чинчийбит уонна маннык түмүктэри оңорбут: Сахаларга Избекова чинчийиититтэн көрдөххө «3», «8», «9», «2» сыыпаралар биллэр суолтаны ылар эбиттэр (сыҺыарыыга №2 диаграмманы көр)
Саха оҺо5ун иннигэр – бөлүҺүөк, диэн мээнэ5э эппэтэхтэр эбит. Былыр аан дойду үрдүнэн математика наука быҺыытынан суо5ун да урдунэн сахалар чыыҺылалар тустарынан бэйэлэрэ туспа өйдөбүллээхтэр, көрүүлэрдээхтэр эбит.
ЧыыҺылалар биҺиэхэ тугу кэпсииллэр?
Сахалар былыр – былыргыттан «3» ахсааңңа тардыҺыылара күүстээх. Түң сахалар өйдөбүллэринэн. Аан дойду үс хаттыгастан турар: үөҺээ, орто уонна аллараа. КиҺи дууҺата үс куттаах: ийэ кут, салгын кут, буор кут. ЫҺыа5ы аҺарга үс төгүл төхтүрүйэн ийэ сир, айыл5а, уот иччилэрин аҺаталлар. Саха ойуулуур – дьүьүннүүр искуствота «үьү» кытта быстыбат сибээстээх: үс атахтаах остуол, ус атахтаах чороон, дьиэ таҺыгар туруоруллар үс сэргэ о.д.а.
«Икки» диэн чыыҺыла ханыылаҺар тэтимнэри этэр.Айыл5а киьини икки харахтаах, икки кулгаахтаах, иккилии илиилээх – атахтаах гына айбыт. Өбүгэлэрбит былыр бултаабыт бултарын,балыктарын иккилиинэн аа5ан уллэстэллэрэ. «Түөрт» сир түөрт хайысхатын кэрэҺэлиир. Былыр үрдүгэр 4 сылгы төбөлөөх сэргэни туруораллар эбит. Маннык сэргэлэр дьону сир 4 хайысхатын абааҺыларыттан араңачылыыллара онон сахалар « түөрдү» араңаччылыыр чыыҺыланан аа5аллара.
Олонхо5о манны таҺынан үгүстүк былыргы кээмэйдиир тыллары керсебут:
Көс, былас, тутум, харыс саҺаан о.д.а.
Сахалыы кээмэйдэри үөрэтэрбитигэр олоңхолортон задача онорон суоттаабыппыт:
1) . . .Үс былас үөкэйэр өттүктээх
Биэс былас биэкэйэр бииллээх,
Алта былас дара буурай сарыннаах,
Үс былас куо5айар уҺун моойдоох . . .
Бухатыырбыт өттүгэ 495см, биилэ – 825см,сарына – 990см, моойун уҺуна – 495см буолар эбит.
Үс былас
Өрүкүйэр буурай ча5аан кө5үллээх,
Сэттэ былас
Тибиилээх тирии маңан сиэллээх,
Отут былас
Убуллаах уйгур кутуруктаах
Үтүө сылгы эбит.
Сылгы кээмэйин суоттаан биүлбиппит: Кө5үлэ 495см, сиэлэ 1115см, кутуруга – 4950см.
Мантан көстөрүнэн, өбүгэлэрбит өссө түң былыргыттан чыыҺыла туҺунан өйдөбүлгэ кэлбиттэр эбит. Ону биҺиги саха норуотун төрүт былыргы айымньытыттан – олоңхоттон аа5ан биллибит уонна итэ5эйдибит.
Бу үлэбинэн мин маннык түмүккэ кэллим:
1. Олоңхо5о ахсаан аат дэлэйдик туттуллубут. Ордук үгүстүк 3,9,8,2,4,7 чыыҺылалар туттуллубуттар
2. Өбүгэбит ахсаан туҺунан өйдөбүлү түң былыр, үөрэх үөскүөн быдан иннинэ, ылбыт.
3. Хас биирдии сыыппара дириң суолталаах, өйдөбүллээх, оло5у кытта ыкса сибээстээх.