Нельзя
быть математиком, не будучи в то же время поэтом в душе
С.В.
Ковалевская
КЭРЭ ДОЙДУ - МИН ДОЙДУМ
О5о сааьым биьигэ
Оонньоон ааспыт бэлиэтэ
Олуонэлиир орустээх
Хатын чаран алардаах,
Хампа куогэ хонуулаах,
Кэрэ дойду –мин дойдум
Кэрэхсэллээх Уодэйим.
Кэрэ сааспыт кэлиитэ
Олуонэбит угуттуо,
Самаан сайын уунуутэ
Лэпсэ мыраан ынырыа,
Дьоллоох ого сааспытын
Санатардыы угуйуо,
Кэрэ дойду – мин дойдум,
Кэрэхсэллээх Уодэйим.
Угус элбэх ыччаттаах,
Утуо мааны дьоннордоох,
Уйгу быйан аргыстаах,
Умсугутар толколоох,
Айар-тутар аналлаах
Уунэр-сайдар кэскиллээх
Кэрэ дойду-мин дойдум,
Кэрэхсэллээх Уодэйим.
ЧЭЛГИТИЭХ НАМ СИРИН
Куох сирэм тэллэхтээх,
Урун кун уллуктээх,
Кэрискэ мырааннаах,
Олуонэ орустээх
Энсиэли хочото,
НАМ сирэ чэчириир.
Он буордаах хочолоох,
Олгом куох тыалардаах,
Сыьыыга, хонууга
Субуллар баайдардаах
Энсиэли хочото,
НАМ сирэ чэчириир
Кулум кун мичээрдээх
Кэскиллээх ыччаттаах,
Дойдуну аатырдар
Дьоьуннаах дьоннордоох
Энсиэли хочото,
НАМ сирэ чэчириир
Куох сирэм тэллэхтээх,
Урун кун уллуктээх
Нам сирин кэрэтин
Ырыанан хоьуйуох,
Нам кэлэр кэскилин
Улэнэн чэлгитиэх!
О5О СААС
О5о сааьым туьунан
Олус кэрэ ейдебул
Сылаанньыта, манньыта
Сенен хаалбыт сурэхпэр.
Оччотоо5у халлааным
Олус ыраас курдуга,
Кунэ олус ча5ылхайа
Киирбэт этэ, бада5а.
Тулалыыр айыл5абыт
То5о эрэ олус куе5э,
Сиргэ уунэр сибэккибит
Сиэдэрэй еннердее5е.
Салгына олус ырааьа,
Ханан да быыла суо5а,
Хонуубут буора суо5а,
Куех ньаассын сабыылаа5а.
Керуехтэн дьикти кэрэ
Кебуер устун сырсарбыт,
Кердеех-нардаах о5о саас
Кенулунэн тыынарбыт.
О5о сааьым ол курдук
Туулбэр кестен ааспыттыы
Ыраас иэйии кынаттанан
Ааьан хаалбыт эбиккин.
Махтанабын дьыл5абар,
Дьоллоох о5о сааспар,
Дьикти кэрэ иэйиини
Бэлэхтээбит дьоннорбор.
ТИЬЭХ ЧУОРААН
Сыллар суурук курдук
Сылбыр5атык усталлар,
Дьыллар долгун курдук
Дьиримнэьэн ааьаллар.
О5о сааспыт ол курдук
Ааьан бутэн эрдэ5э,
Олох мындыр суолугар
Айанныыргыт кэллэ5э.
Сэттэ5итин туоланныт
Сиэттиьээхтээн кэлбиккит
Умсугуйан уерэнэ
Умнуллубат утуе кун.
Чуораан чугдаар тыаьыныын
Чуопчаарыьа суурбуккут,
Бэлиэр уон биир сылыгар
Барбыт эбит, сэгэрдэр.
Талыы кэрэ кыргыттар
Долгулдьуьа уста5ыт,
Толуу уолан уолаттар
Дьоьумсуйа хаамса5ыт.
Ханнык идэ талынан
Таба суолу тайанан,
Хаьан ханна тиийэннит
Тохтоон Дьолу була5ыт.
ОСКУОЛАБЫТ БАРАХСАН
Кунун аайы тиэтэйэ,
Кулэ-уорэ куйгуорэ,
Ойор куну корсуьэ
Оскуола5а сырсарбыт.
Чуораан тыаьа чугдааран,
Барыбытын арыаллаан,
Олох-улэ уеьугэр
Оннубутун булларда.
Угус сыллар ааьаннар
Убулуейдэр буолаллар,
Улускэннээх улэнэн
Уерэ-кете керсуллэр.
Маннык бэлиэ тугэннэ
Убулуейдуур киэьэ5э
Махтал тыла дуорайар,
Кехтеех ырыа дьиэрэйэр
Керсен ааьар келуенэ
Кулэ-уерэ керулуу,
Эргиллибэт о5о саас
Ахтыл5анын таьаара.
Оскуолабыт барахсан
Сайда-уунэ тур еруу
Утуе ааккын ааттата,
Уедэй сирин чэлгитэ.
ЫЛ, АЙЫЛ5АН АЛГЫЬЫН
Ол хааман тоотойор
Кырачаан о5обун
Чаранна чуопчаарар
Чыычаахха холуубун,
Чагылхай ыраас кун
Кулумэр тэнниибин.
Ол суурэн элээрэр
Кыракый кыысчааммын
Ол кетен тэлээрэр
Лыахтарга холуубун,
Сиэдэрэй сибэкки
Симэ5эр тэнниибин.
Айыл5ам уьуктар
Дьиктилээх кэмнэрэ
Дьон-сэргэ дьыл5атын
Арчылыыр курдуктар
Уйгулаах оло5у
Тустуургэ дылылар.
Сипсийэр сиккиэр тыал
Сэьэнин кэтиибин,
Суугунуур аар тай5ам
Сипсиэрин сэргиибин,
Алыптаах айыл5ам
Алгыьын ылабын.
Ол мэнэ халлаанна
Кестубэт урдуктэн
Дьурулуур куерэгэй
Керугэр холбоьуох,
Дьиктилээх тойугар
Кыттыьан ыллаьыах!
ТАПТАЛЛААХ ОСКУОЛАМ
(оскуола гимнэ)
Куннэтэ ынырар уоттардаах туннуктэр,
Кэрэ5э угуйар сандаархай кылаастар,
Мин дьолум, мин уеруум,тапталлаах оскуолам,
Оло5ум, мин дьыл5ам тустэнэр кыьата.
Кунтэн кун уостубат эдэрдии эрчимнээх
Оскуолам ынырар угускэ уьуйа
Уйэттэн уйэ5э инники эрэллээх
Оскуолам атаарар угуйа.
Наука сайдыыта олохпут тутула
Буоларын ейдетен учуутал кэпсиирэ
Формула, теорема буоланнар кутуллан
Киирэллэр дууьабар ыраахха угуйа.
Умсул5ан абыгар ылларан олорон
Сир, халлаан устунан тилийэ кетебут,
Сонуну, сананы кун аайы истэбит,
Олохпут дьиктитин сиьилии билсэбит.
Чин били ыларга, тулуурдаах буоларга,
Дьо5уру табатык салайан биэрэргэ
Учуутал мындырдык дьаьайан уерэтэр,
Дьоьун дьон буоларга оскуолам дьулуьар.
Дууьалыын, санаалыын кэрэ5э тардыьыах,
Утумэн урдуккэ мэлдьитин талаьыах,
Дойдубут туьугар турунан уерэниэх,
Уедэйбит инники кэскилин тустэьиэх.
|